куолар (beauties) - ponsash lyrics
[текст песни «куолар»]
[припев]
туймааданы туймаардар туйаарыма куолар
уһун суһуохтар — тэннээхтэр суохтар
дьэдьэн уостар, куруус санаам уостар
туймааданы туймаардар туйаарыма куолар
сахам кыыһа таҥарам буолар
[куплет 1]
таһырдьа тахсаммын кыратык хаамтарбын
сахам кыргыттарын көрөммун умнабын барытын
кыһалҕабын кыйдыыбын, дьоллонон үөрэн
ыалдьа да сылдьан бэттэх кэлэбин үтүөрэн
тас дойду хайа да сулуһа тэннэспэт эбит
кыргыттар истин эһи туохтан да кэрэҕит
ийэ сиргэ бастакы куоларгыт
күндүтүк саныыллар буолалларгыт
[припев]
туймааданы туймаардар туйаарыма куолар
уһун суһуохтар — тэннээхтэр суохтар
дьэдьэн уостар, куруус санаам уостар
туймааданы туймаардар туйаарыма куолар
сахам кыыһа таҥарам буолар
[куплет 2]
ыраатан баран төһө да аралдьыйан
киэҥ*куоҥ куораты кэрийэ тэлэһийэ сылдьан
тэһийбэт эр киһи сурэҕэ ыалдьан
сахам кыыһа барахсан эйигин ахтан
симэҕинэн киэргэммит, киэргэлинэн симэммит
манна омук кыыһа тэннэспэт эбит
кэрэттэн кэрэ эһиги эрэ буолаҕыт
туохха да биэрбэттэр уолаттаргыт
[припев]
туймааданы туймаардар туйаарыма куолар
уһун суһуохтар — тэннээхтэр суохтар
дьэдьэн уостар, куруус санаам уостар
туймааданы туймаардар туйаарыма куолар
сахам кыыһа таҥарам буолар
Random Song Lyrics :
- you make me fly - gyle waddy lyrics
- tuttosport - daniele silvestri lyrics
- mallory - grayscale season lyrics
- happy day - fee lyrics
- bonus track - ilyas yalçıntaş lyrics
- message - mad better days lyrics
- lige nu - ukendt kunstner feat. sivas lyrics
- bisous, bisous, gentils bisounours - night dreamers lyrics
- always boys - big deal lyrics
- duble pore roton paba - shami sattar feat. shaon lyrics