сибэккибэр (flower) - ponsash, saas ustar & fiesta lyrics
[текст песни «сибэккибэр»]
[куплет 1: saas ustar]
күлүмүрдүүр сир үрдүн
бүтүннүү бүрүйбүт көмүс күһүн
көстүүтүн көрөн үөрдүм
көҥүлгэ көппүт киһи
булуом этэ кинини
күннээҕини киэр элитэммин эрэли
санаа дириҥэ байҕал тэҥэ күҥҥэ
үҥэр кэммэр, миигинниин тэҥҥэ үҥэр
көрө иликпин бу эҥэр эйиэхэ тэҥнээх
киһини биирдэ да эн итэҕэй
быйылгы дьыл бастакы хаарыгар, эн бааргар
былыттары атаара былыргым хаалар
бороҥ сиргэ быыстала суох бүрүллэн
үрүҥ кыырпах түһэн тулаҕын киэргэтэр
ол эрэн, саныыгын тоҕо маннык сыл ахсын
тоҕо бары саныылларый — күһүн арахсыы диэн?
эн биһи иккиэн хаамабыт хардыы эргийэн
[припев: ponsash]
күндү киhим санаарҕаама
күһүн кэллэ диэн ытаама
таптал бүттэ дии санаама
туоххаһыйа тууйуллума
күндү киhим санаарҕаама
күһүн кэллэ диэн ытаама
таптал бүттэ дии санаама
туоххаһыйа тууйуллума
[куплет 2: saas ustar]
санаабар өссө да биир кини туһуттан
айылҕа уһуктан тулам тупсан турар
күнүм киирбэт түүлбэр эрэ
көстөҕүн эн күһүн үҥкүүтүгэр
күн сиригэр төһө элбэх киһи сүрэҕигэр
бу кэрэ көстүү күүһэ күһүнү кытта тиийэр
умнуллуу, төһө да күүппэтэх буоллун
кэлиэ барыбытыгар илдьэ барыа дьолгун
ол иһин күндү түгэн төһө да түргэнин иһин
хаһан бүтэһигин ылыам илиигин
бу сэбирдэхтии хагдарыйыам түргэнник
ол кэммит кэлэ илик
ол иһин кэхтии кэмин күүппэппин
күһүн арахсыы диэни билбэппин
ааҥҥын арыйан тахсыый эн
онно биһи икки, иккиэн хаамабыт хардыы эргийэн
[припев: ponsash]
күндү киhим санаарҕаама
күһүн кэллэ диэн ытаама
таптал бүттэ дии санаама
туоххаһыйа тууйуллума
күндү киhим санаарҕаама
күһүн кэллэ диэн ытаама
таптал бүттэ дии санаама
туоххаһыйа тууйуллума
[куплет 3: fiesta]
хайаларыттан кими күһүн бүгүн арааран барар?
хаарыйар санаалардыын хаалларарай?
хаар быыстала суох ардах да ардаатар ардыгар
күһүҥҥү түүн хаһыҥныыр хаһааҥҥытааҕар да
күндү түүн эн аттыгар бэркэ диэн мин
билэбин тоҕо былыт быыһыттан оонньуурун
мин тоҕо ол сулус оонньуурун
билигин эн миэхэ тобукпар көтөхтөрөн олороҕун
көрсүбүппүт эдэр саас күһүнүгэр
ол айылҕа, ол түгэни саатар өйдүүгүн эн
көмүс сэбирдэхтэр эн тула үҥкүүлүүллэр
кигэн күөттээн мэник тыал күлэр
бу кэм барда этэҥҥэ миэхэ эйиэхэ таптаһар сүрэххэ
күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн
аныыбын эйиэхэ таптал тылларын сипсийэн сэрэнэн
[припев: ponsash & fiesta]
күндү киhим санаарҕаама
күһүн кэллэ диэн ытаама
таптал бүттэ дии санаама
туоххаһыйа тууйуллума
күндү киhим санаарҕаама (санаарҕаама)
күһүн кэллэ диэн ытаама (ытаама)
таптал бүттэ дии санаама
туоххаһыйа тууйуллума
[аутро: ponsash & fiesta]
күндү киhим санаарҕаама
күһүн кэллэ диэн ытаама
таптал бүттэ дии санаама
туоххаһыйа тууйуллума
күндү киhим санаарҕаама (санаарҕаама)
күһүн кэллэ диэн ытаама (ытаама)
таптал бүттэ дии санаама
туоххаһыйа тууйуллума
Random Song Lyrics :
- naan (remix) - molly brazy lyrics
- who run it (freestyle) - wild milly lyrics
- perfect way (way perfect version) - scritti politti lyrics
- the overthrown - us, from outside lyrics
- сошёл с ума - atellwulf lyrics
- miss you (想你) - kris wu lyrics
- m!rror - lumblrr lyrics
- made to do - benxiah lyrics
- family secret - bad moves lyrics
- blessings - davestateofmind lyrics