этиий тоҕо (tell me why) - галя vinograd lyrics
[текст песни «этиий тоҕо»]
[куплет 1]
баҕар суруйуо диэн эрэнэ саныыгын
аҕыйах кэм куустараары күүс барааҥҥын күүтэҕин
түүннэри уоккун аһаҥҥын
ардыгар кини буолуоххун баҕараҕын
сыһыан аһыы өттүн амсатарыгын
ахтаргар, ытыыргар наадыйбат
этэр тылларын тапталын байыппат
[припев]
тоҕо этиий бэриннин?
дууһаҕын арыйан биэрдин?
ким быһаарыай эйиэхэ ол ону?
соҕотох сүрэххэр кини тойонун
[куплет 2]
сарсын эмиэ соҕотохтуу хаалларан
халыйыа бэйэтин кытылыгар
сир, халлаан икки ардыгар
туран хаалыан ардах анныгар
хаһааҥҥы диэри санаан тулуйар?
хас сыл хаттаан сэһэнин суруйар?
талласпаты тарда сатаама
хараҕын уутун халтайга бараама
[припев]
тоҕо этиий бэриннин?
дууһаҕын арыйан биэрдин?
ким быһаарыай эйиэхэ ол ону?
соҕотох сүрэххэр кини тойонун
[куплет 3]
хомотор, үөрдэр аналлаах (хомотор, үөрдэр)
түүнүн утуппат сылтахтаах
кимиэхэ эрэ таба көстөр
сорохтон саһан өстөөх оҥостор
өйбүтүн сүтэримээри
куттанабыт ол эрээри бэринэбит
ол эрээри бэринэбит
[припев]
тоҕо этиий бэриннин
дууһаҕын арыйан биэрдин?
ким быһаарыай эйиэхэ ол ону?
соҕотох сүрэххэр кини тойонун
Random Song Lyrics :
- colt anaconda.44 - mvms lyrics
- rest easy - yeemz lyrics
- je voulais - ladaniva lyrics
- don't make sense - dj woool lyrics
- now ya know - j. worra lyrics
- рестайлинг (restyling) - shuri alex lyrics
- evan finds the third room (live at rbc echo beach) - khruangbin lyrics
- we ain't muslim no more - the afumbas lyrics
- terma ta psemata (good vibes remix) - alcatrash lyrics
- šta sam bogu zgrešio - mitar mirić lyrics