көҥүл ырыата (freedom song) - айыы уола (aiyy uola) lyrics
[текст песни «көҥүл ырыата»]
[куплет 1]
кэпсээ миэхэ, доҕорум, ханна көҥүл сир баарын
ханна киhи көҥүллүк өрө тыынарын?
ханна, хайа дойдуга киhи көҥүл сылдьарын
ханна киhи толору дьоллоохпун диирин?
[припев]
о*о*уо*уо
дьоллоохпун диирин?
о*о*уо*уо*уо, уо*о
дьоллоохпун диирин?
[куплет 2]
ыллаа миэхэ, чыычаҕым
ыллаа, ыраах дьиэрэтэн
ыраас халлаан анныгар күөрэйэн тахсан
ханна эн куттаммакка, дьонтон үргэн куоппакка
ыллыыр хонууҥ ханнаный, туоһулаан эн туой
[припев]
о*о*уо*уо
туоһулаан эн туой
о*о*уо*уо*уо, уо*о
туоһулаан эн туой
[куплет 3]
ыллаа миэхэ, гитарам, ыраас ыра сананнан
кэлэр олох дьолугар эрэнэ көрсө
ылла өссө элбэҕи: дьол, үөрүү, кэрэ туhунан
ыллыа миэхэ дьиэрэтэн көҥүл ырыатын
[припев]
о*о*уо*уо
көҥүл ырыатын
о*о*уо*уо*уо, уо*о
көҥүл ырыатын
о*о*уо*уо
көҥүл ырыатын
о*о*уо*уо*уо, уо*о
көҥүл ырыатын
[аутро]
ырыатын
Random Song Lyrics :
- abc - lilbootycall lyrics
- mis-behave - neo nezer lyrics
- longest ride - jonathan edwards lyrics
- psalm i januari - lars winnerbäck lyrics
- stars - megalithic lyrics
- el lazo - red sun rising lyrics
- jesteśmy ze stali - maanam lyrics
- little miss - bôa (uk) lyrics
- neue welt - beatus lyrics
- kidney rock - lil stovetop lyrics